Улуу Кыайыы 78 сылыгар аналлаах бырааынньыктааы Митинг
Ыам ыйын 9 күнэ Бороҕон нэһилиэгэр Кыайыы парадынан саҕаланна. Нэһилиэк олохтоохторо, уерэнээччилэр “Кыайыы түһүлгэтэ“ болуоссакка Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө бырааһынньыктааҕы торжественнай Миитиҥҥэ муьуннулар. Торжественнай чаас Кыайыы Знамятын өрө тутан киириититтэн саҕаланна. Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Алексеев Василий Петрович сэрии кэмин оҕолорун, СВО кыттыылаахтарын төрөппүттэрин эҕэрдэлээтэ. Олохтоох дьаһалта, тэрилтэлэр туруорбут бырааьынньыктааҕы подароктарын туттартаата. Ветеран оҕолоро аҕа саастаах дьоммут сырдык ааттарыгар кэриэстэбил веногун уурдулар. Ол кэнниттэн биир мүнүүтэлээх тохтобул биллэрилиннэ. Митиҥҥэ ветераннар оҕолорун “Өйдөбүнньүк“ түмсүүтүн салайааччыта А. С. Сокольникова, оскуола президенэ Лиана Габышева Кыайыы бырааһынньыгынан эҕэрдэ тылларын эттилэр. Бырааһынньыгы ырыанан, үҥкүүнэн киэргэттилэр Тумул орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Карбышевскай этэрээт иитиллээччилэрэ строевой хаамыы бэрээдэгин олохтоохтор иннилэригэр көрдөрдүлэр. Бырааһынньык “Вперед Россия“ ырыанан, флешмоб үҥкүүнэн түмүктэннэ. “Минньигэс ас“ түмсүү салайааччыта Т. П. Ксенофонтова олохтоохтору “Кыайыы хааһытынан“ күндүлээтэ. Киин уулуссаҕа нэһилиэк үс түөлбэтэ-“Эрэл“ түөлбэ сал. П. Петухова, “Дьулуур“ түөлбэ сал Н. Капитонова, “Үрдэл“ түөлбэ сал. Т. Барашкова үгэс буолбут “Кыайыы эстафетатыгар“ илин-кэлин түсүһэн 1 м “Дьулуур“ түөлбэ, 2 м “Үрдэл“, 3 м “Эрэл“ түөлбэ буоллулар. Киэһэ “Түмсүү“ сынньалаҥ киинигэр “Кыайыыга сирдээбит ырыалар“ “Айыллан“ норуот тыйаатыра туруоруутугар театрализованнай- музыкальнай дьүһүйүү туруорулунна. Кыайыы болуоссатыгар Кыайыыны уһансыбыт, тыылга үлэлээбит биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарыгар өйдөбүнньүк чүмэчи ууруута буолла. “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!“.