Улууспут киинигэр Кыайыы знамята крэйдэ
Улууспут киинигэр Кыайыы знамята күөрэйдэ
Бүгүн улуус дьаһалтатын дьиэтигэр Кыайыы знамятын көтөҕөр үөрүүлээх тэрээһин буолла. Кыайыы знамятын дойдубут былаахтарын кытта тэҥҥэ күөрэччи тутан Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын байыаннай-патриотическай кулуубун иитиллээччилэрэ үөрүүлээх түһүлгэҕэ киллэрдилэр.
Улуу Кыайыы 79-с сылын көрсө эҕэрдэ тылы улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев этэн туран, ыар сүтүктээх Аҕа дойду сэриитигэр кыайыыны турууласпыт дьоммут кэриэстэригэр иһийэн ылыыны биллэрдэ.
Салгыы эҕэрдэ тылы улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов, тыылга кыайыыны уһансыбыт, ытык саастаах Мария Фомина, махталлаах эдэр көлүөнэ аатыттан улуус дьаһалтатын ыччат уонна дьиэ кэргэн салаатын салайаааччыта Айаал Степанов эттэ. Оттон байыаннай дьайыы кыттыылааҕа «Эр санааланыы» уордьан кавалера Георгий Прокопьев эҕэрдэ тылы этэн туран, улуус дьонугар-сэргэтигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө иһин махтал тылын эттэ.
Ол кэннэ кытыаста кытарбыт Улуу К...
Source: УУС АЛДАН | “Мүрү саһарҕата“