Доруобуйа азбуката: Тоҕо киһи тиритэрий?
Саҥа үүммүт сылынан, оҕолор! Бүгүн мин эһиэхэ киһи тоҕо тиритэрин туһунан кэпсиэм.
Ыарахан үлэни оҥордоххуна эбэтэр итии күҥҥэ таһырдьа сырыттаххына, тирииҥ инчэйэр, көлөһүн тахсар. Көлөһүн киһи этин сааһыттан (*поры) тахсар. Көлөһүн көмөтүнэн киһи этэ-сиинэ итийииттэн уонна буортулаах эттиктэртэн көмүскэнэр. Эт-сиин ыарахан үлэттэн сылайан ис-иһиттэн итийиэн сөп. Маннык түгэҥҥэ мэйии хамаанда ыытар, оччоҕо көлөһүн былчархайдара үлэлээн бараллар. Кинилэр сыаллара – тирии тас өттүн көлөһүн таммахтарынан инчэтэн сойутуу буолар.
Кумах куйаарга олус итии буолар, олохтоохтор бу куйааска эбии халыҥ таҥас кэтэллэр. Халыҥ таҥас тириини итииттэн хары