Доруобуйа азбуката: Тыынар уорган
Дорооболоруҥ! Бүгүҥҥү биэригэ тыынар уорган туһунан кэпсэтиэхпит.
Хайдах тыынарбытын билиэххитин баҕараҕыт? Киһи этин итиитигэр диэри сылыйбыт уонна ыраастаммыт салгын мурун нөҥүө бэлэс тамаҕар (салгыны эккэ-хааҥҥа тириэрдэр ханаал) тиийэр, онтон хабарҕаҕа кэлэр. Хабарҕаттан салгыммыт тыҥабытыгар түһэр. Салгын хабарҕаҕа кэлэригэр бэлэс көмөлөһөр. Бэлэс ас тобоҕо салгын ханаалыгар киирбэтин туһугар үлэлиир. Хабарҕабыт икки салааҕа арахсара бронха диэн ааттанар. Бу салаалартан кыракый уонна улахан салгын ханааллара тыҥаҕа тиийэллэр.
Тыҥа синньигэс көҥдөйдөртөн турар, бу көҥдөйдөр альвеолаларынан түмүктэнэллэр. Кинилэр быыстарынан салгын хааҥҥа тиийэр уонна сүрэхпитигэр барар.
Киһ