Саха дорҕооно киэҥ куйаарга кыырайа көттө 🎼🎶🎵
Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх СӨ үтүөлээх артыыһа, С. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү театрын саха оркестрын солиһа, “Кыл Саха“ төрүт дорҕоон ансаамбыл салайааччыта Анна Томская үбүлүөйдээх айар киэһэтэ, кини күн сирин көрбүт кэрэ, бэлиэ күнүгэр, тохсунньу 26 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр саха музыкатын сэргээччилэргэ, кыл кылыһаҕы таптааччыларга улахан бэлэх оҥорбута. Саха төрүт дорҕооно, кыл кылыһах оркестр, “Кыл Саха“ төрүт дорҕоон бөлөх толорууларыгар саха нохтоолоох сүрэҕин долгута киэҥ куйаарга кыырайа көппүтэ.
Күндү доҕоттор, бүгүн эһиги болҕомтоҕутугар ол умнуллубат иэйиини бэлэхтээбит аптаах музыка дьоро киэһэтигэр биһигинниин бииргэ буоларгытыгар, Анна Ивановналыын сэдэх кэпсэтиибитин сэргээн истэргитигэр ыҥырабыт. Алыптаах музыка кэрэ дорҕоонугар уйдаран арчыланыҥ, алгыстаныҥ, саха буолан сандаарыҥ.
Бүгүҥҥү биэриигэ:
0:00 Валерий Ноев ырыаларын матыыптарынан
“КЫЫС АММА” попурри. Толороллор СӨ үтүөлээх артыыстара Анна Томская (таҥсыр) уонна Афанасий Томскай (баян)
5:06 АННА ТОМСКАЯ тохсунньу 26 күнүгэр төрөөбүт күнэ. Толорооччу, уһуйааччы, салайааччы
6:59 Аркадий Самойлов. “ЫҺЫАХ”. Анна уонна Афанасий Томскайдар оркестровкалара. Толороллор Саха оркестра, “Кыл Саха”, “Кырыымпа”. Дирижер Николай Петров
13:09 Үбүлүөйдээх кэнсиэр. “Кыл Саха“ - Саха сирин “визитнай карточката“
14:12 Интервью Анна Томская. “Кыл Саха“ төрүт дорҕоон ансаамбыл тэриллиитин туһунан
17:50 САХА МАТЫЫПТАРА (попурри). Толорор “Кыл Саха” ансаамбыл
22:09 РУСЛАН ГАБЫШЕВ кыл кырыымпатын кылыһаҕа
26:32 Уйбаан Бөтүүнүскэй. “ХОМУС УОННА КЫРЫЫМПА” (хоһоон). Толороллор СӨ культуратын туйгуннара Вероника Лыткина (хомус) уонна Руслан Габышев (кыл кылыһах)
32:42 Интервью Анна Томская. Саха ырыаларын, матыыптарын үйэтитиигэ
35:17 Захар Степанов. “РАЗДУМЬЕ”. Толороллор Анна Томская (кыл кылыһах) уонна Афанасий Томскай (хомус)
38:48 Интервью Анна Томская. 2024 - “Кыл Саха“ ансаамбыл 10 сыла
39:53 Владимир Ксенофонтов. ТОЙУК-ПОЭМА. Толорор Оркестр. Солистка - СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская. Дирижер - РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Николай Петров
42:26 Интервью Анна Томская. Үбүлүөйдээх кэнсиэр уратыта
46:59 Мейирман Губайдуллаев. “САХА КЫЗ”. Толорор “Кыл Саха” ансаамбыл
50:10 Интервью Анна Томская. Саарын
51:03 КЫРДАЛ КЫЫҺА. Петр Тобуруокап хоһооно, Христофор Максимов матыыба
Ыллыыр СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай-Саарын
53:28 Интервью Анна Томская. Музыкальнай колледж
54:14 Марк Жирков. КИЭҺЭЭҤҤИ ЫРЫА. Толороллор М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж
фольклор отделениетын уһуйааччылара
57:29 Интервью Анна Томская. Музыкальнай колледж талааннаах уһуйааччылара: СӨ үтүөлээх артыыһа Варвара Степанова-Арчыына, СӨ культуратын туйгуннара Элеонора Соколова, Надежда Варламова-Надикан, Артур Семенов-Тоҥ Саха уонна Анна Томская
58:23 САХА БЫЛЫРГЫ ЫРЫАЛАРЫНАН попурри. Толороллор М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж фольклор отделениетын уһуйааччылара
1:04:23 Интервью Анна Томская. Кэргэним Афанасий
1:05:48 Афанасий Томскай. МАНЧААРЫ. Толорор “Кыл Саха” ансаамбыл
1:08:48 Интервью Анна Томская. Төрөөбүт дойдуга таптал
1:11:25 Светлана Бессонова туруоруутугар ДЭЙБИИРДЭЭХ ҮҤКҮҮ. Анна Томская оркестровката. Толорор балет солистката, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус лауреата Саина Винокурова. Доҕуһуоллуур “Кыл Саха” ансаамбыл
1:14:55 Интервью Анна Томская. Идэм - мин сөбүлүүр дьарыгым
1:16:26 КЫЛЫЫҤКАЙ. Толорор М.К. Аммосов аатынан ХИФУ “Уран” ансаамбыл. Салайааччы Ньургун Индеев
1:19:19 Интервью Анна Томская. Саамай сынньанар, күүс-уох ылар сирим Тапталлаах Бөтүҥүм
1:20:17 ҮТҮЛҮКТЭЭХ ҮҤКҮҮ. Афанасий Соловьев туруоруута. Анна Томская оркестровката. Вокал Алиса Долгунова. Толороллор Үҥкүү национальнай театрын балет артыыстара
1:24:15 Интервью Анна Томская. Кыл кылыһах саха дорҕоонун
1:25:25 ВОРОНОЙ КОНЬ. Толороллор балет артыыстара Дьулуур Андреев, Семен Дьяконов, Эдуард Жирков. Доҕуһуоллуур “Кыл Саха“ ансаамбыл
1:28:29 Вера Черноградская, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Анна Томская айар үлэтин быыстапка
1:35:22 Владимир Ксенофонтов. Импровизация ТУЙМААДА. Анна Томская исполнительнай редакцията. Толороллор СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская, СӨ культуратын туйгуннара Артур Семенов-Тоҥ Саха уонна Алла Заборовская
1:43:38 Аркадий Самойлов. УРУУ: Нөрүөн нөргүй, Кыыс оонньуута, Кыыс санаата, Битии. Толорор Оркестр. Солистка - СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская
#якутия #якутск #музыка #оркестр #национальныйкостюм #скрипка #домра #баян #музыканты #музыкант #концерт #амга #амма #сахасирэ #yakutia #сахалыы #струны #саха #кылсаха #ансамбль #инструмент #живаямузыка #аннатомская #фольклор #талант #творческийвечер #творчество #культура #нвксаха #дирижер #своямузыка #сахалыыырыалар #моямузыка #слушать #лайк #подписка #подписывайтесь #хомус
Биэриини бэлэмнээтэ Вера Иванова
Хаартыскалары Анна Ивановна Томская тус дьиэтээҕи архивыттан, Вк страницатыттан туһанныбыт.