“ТУПСУУ“ мэҥэ тааһын үөрүүлээх аһылыыта
Таатта улууһугар Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын бэлиэтиир “ТУПСУУ“ мэҥэ тааһы арыйар тэрээһин буолан ааста.
Платон Алексеевич Ойуунускай салайыылаах Саха АССР ревкома 1922 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр өрө турааччылары амнистиялыыр туһунан манифест таһаарбыта.
Ол докумуоҥҥа сигэнэн 1923 сыл муус устарыгар Байаҕантай улууһун Уолба сиригэр үрүҥ хамсааһыны салайсыбыт Петр Иванович Оросин, Афанасий Иннокентьевич Говоров, Михаил Петрович Слепцов-Отоороп Саха АССР тэриллибитинэн, сэбиэскэй былааһы ылыналларын биллэрбиттэрэ.
#Ойуунускай #Таатта