«Талбан»: Энергетика сайдыыта. Развитие энергетики в Якутии ()
Ил Дархан көҕүлээһининэн Саха сирэ энергетика салаатыгар хорсуннук саҥа бырайыактарга киирсэн үлэлээн эрэр, улахан тэрилтэлэр кэллиллэр, саҥа эбийиэктэр тутуллаллар. Айсен Николаев быйыл дойду Судаарыстыбаннай Сүбэтин энергетикаҕа хамыыһыйатын салайааччытынан буолла. Бу барыта биһиэхэ сайдыыны түстүүр.
Ил Түмэҥҥэ туһаайыыларыгар Ил Дархан сыл ахсын республика сайдыытын стратегическай соруктарын туруорар. Онно кини энергетиканы сайыннарыы саҥа технологияларга, аныгы көрүүгэ олоҕуруохтаах, бу салааҕа урутаан сайдыыны тутуһуохтаахпыт – оччоҕо эрэ инники диэки барар кыахтанабыт диэн этэр.
Саха сиригэр энергетиканы саҥардыыга урут суох саҥа бырайыактар олоххо киирэллэр, сүҥкэн соруктар тураллар. Ол туһунан республика энергетикатын салайааччыларын кытта кэпсэттибит.