Ийэ сирбит
Бааллар элбэх сирдэр,
Кинилэргэ ымсыырбаппын,
Ийэ дойду баар бэйэбэр,
Наадата суох миэхэ атын.
Аал уота ордук сылаас,
Буруота да минньигэс,
Ырааҕа да бэл чугас,
Тоҥ хаара да кэрэмэс.
Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан, саха норуодунай поэта.
Василена Нестерова уруһуйа, VIII кылаас, Чымнаайы, Таатта
Салайааччы Саргылана Кондратьева