Майатааҕы народнай Эдэр көрөөччү театра тэриллибитэ 25 сылыгар аналлаах тэрээһин ()
Майатааҕы Эдэр көрөөччү театрын историята 1998 сыллаахтан, балаҕан ыйын 29 күнүттэн саҕаланар: оччотооҕуга Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Георгий Михайлович Артемьев дьаһала тахсыбыт күнүттэн ааҕыллар.
Майаҕа Эдэр көрөөччү театрын тэрийбит дьонунан биһиги киэн тутта ааттыыбыт ол кэмҥэ Майатааҕы народнай театрга дириэктэринэн үлэлии сылдьар Мария Дмитриевна Лукинаны, режиссерунан үлэлии сылдьар Тамара Романовна Афанасьеваны уонна театрга оҕону кытта үлэни сүрүннүүр специалиһы Евдокия Николаевна Иванованы. Улахан холобур буолбута уонна сүбэнэн-аманан көмөнү оҥорбута Алданнааҕы Эдэр көрөөччү театрын салайааччыта Елена Павловна Воронкова.
Майа сэлиэнньэтигэр бу ТЮЗ аһыллан детсад, оскуола, театр бииргэ сомоҕолоһон үлэлииллэригэр улахан төһүү буолбута. Ол курдук, оҕолор театрга сөбүлээн сылдьар, оонньуур, билии-көрүү эбинэр буолан, бу ТЮЗ мээнэ5э аһыллыбатаҕын, туһалааҕын толору дакаастаабыта. Араас таһымнаах фестивалларга кыттан, театр иһинэн “Туос мааскы” самодеятельнай коллективтарга, драмкружоктарга, детсад оҕолоругар анаан туспа суоллаах-иистээх республиканскай театральнай фестивалы ыытан, күн бүгүҥҥэ дылы сахалыы, нууччалыы, английскайдыы саҥардан, араас спектакллары көрдүбүт, иһиттибит.
ТЮЗ иһинэн араас сылларга студиялар аһыллан ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Ол курдук, театральнай студияны таһынан – вокальнай студия, “Сандаара” вокальнай ансаамбыл - салайааччы Нина Николаевна Васильева, кукольнай студия – салайааччы Мария Романовна Говорова, “Кулунчук” эстраднай-театральнай студия – салайааччы Захар Николаевич Никитин, “Маленькая леди” мода студията – салайааччы Елизавета Иннокентьевна Иванова, “Ый суола”, “Ситим” вокальнай-инструментальнай ансаамбыллар – салайааччы Анатолий Федорович Босиков, продюсерскай киин – салайааччы Гоша Васильев-Джида, “Күндүл” үҥкүү ансаамбыла – салайааччы Саргылана Филипповна Павлова. Сайыҥҥы кэмҥэ үлэлээбит “Эллэйаада” лааҕыр – салайааччылар Тамара Романовна Афанасьева, Мария Романовна Говорова, Ирина Матвеевна Захарова.
Оҕолорбут араас таһымнаах фестивалларга кыттан кыайыы өрөгөйүн, коллектив күүһүн, дойдуларынан киэҥ туттууну, бэйэлэригэр эрэли иҥэрэннэр үүннүлэр, сайыннылар. ТЮЗ оҕолоро Москваҕа, Болгарияҕа, Турцияҕа, “Океан” лааҕырга, “Дети Азии” фондатын лааҕырдарыгар оонньоон, сынньанан, оҕо саастарыгар умнуллубат түгэннэри хааллардахтара уонна тапталлаах театрдарыгар махталлаахтар.
Быйыл сайыҥҥа биир улахан ситиһии –Майатааҕы Эдэр көрөөччү тыйаатырыгар дьарыктанар 26 оҕобут Краснодарскай кыраай Туапсе куоратыгар Арассыыйа култууратын министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллар “Академия увлеченных” бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлигэр кыттан Гран При үрдүк аатын ылбыттара.
ТЮЗ-ка сылдьыбыт оҕолорбут араас идэлээх дьон буолан ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар, онтон сорохторо культура эйгэтин таланнар айымньылаахтык үлэлииллэриттэн биһиги астынабыт, дуоһуйабыт.
Ол курдук ааттыыбыт Гоша Васильев-Джиданы, Андрей Макаровы, Женя Пивоваровы, Кеша Лебедевы, Валентин Макаровы, Айталина Цыпандинаны, Александр Теряковы, Алексей Ефимовы, Эллэй Васильевы, Кирилл Васильевы, Михаил Охлопковы. Музыканан, ырыанан дьарыктарын салҕыыллар Евдокия Прохорова, Сахаяна Иванова, Майя Дьячковская, Нина Захарова, Андрей Босиков, Семен Алексеев, Айсен Федоров.
Эдэр көрөөччү театрыгар Тамара Романовна кэнниттэн үксүн эдэр режиссердар кэлэн үлэлээн, уопут ылынан ааспыттара - СКРЯБИН Константин Александрович, ОСИПОВ Данил Николаевич, СТРЕКАЛОВСКАЯ Горьяна Максимовна, АРГУНОВ Вячеслав Владимирович, ПОРТНЯГИНА Елизавета Андреевна. 2020 сылтан салайан илдьэ сылдьар режиссер, манна үлэлээбит уопуттаах, СӨ култууратын туйгуна СКРЯБИНА Александра Семеновна.
Эдэр көрөөччү театра өссө да сайдан истин, сылтан сыл аайы оҕолорго культура кэрэ умсугутуулаах эйгэтин билиһиннэрэн үрдүк культуралаах, киэҥ билиилээх, сайдыылаах, киэҥ олоххо эрэллээх дьону таһаара турдун.
Үөрүүлээх чаас кэнниттэн Майабыт олохтоохторугар, кэнчээри ыччатыгар анаан Майатааҕы Эдэр көрөөччү театрын араас сылларга бүтэрбит выпускниктар эҕэрдэ кэнсиэрдэрин көрдөрдүлэр.