«Саха саргыта»: Үйэ кэрэһитэ буолар саҥа альманаҕы киэҥ эйгэҕэ сүрэхтээтилэр

Саха национальнай библиотекатыгар Саха саргыта диэн киэн ааҕааччыга аналлаах альманаҕы билиһиннэрдилэр. Сүрүн эрэдээктэринэн биллэр суруналыыс, Күлүмнүүр аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Иван Ушницкай үлэлээн саҕалаата. Таһаарааччы – “Сахабэчээт” тэрилтэ. Альманах саха норуотун урукку кэмнэрин кэрэһэлиир, ону тэҥэ саҥаны саҕарга, инникини түстүүргэ тирэх буолар. “Саха саргыта” альманах бастакы нүөмэригэр Михаил Николаев, Айсен Николаев, Александр Жирков, Егор Шишигин, Василий Попов, Георгий Никонов, Егор Борисов-Буор Булгунньах, Павел Харитонов-Ойуку, Прокопий Ноговицын, Олег Амгин, Гаврил Андросов, Анатолий Павлов-Дабыл, Зоя Петухова, уо.д.а. ааптардар суруйуулара уонна бэйиэттэр хоһоонноро киирбиттэр. Сиһилии видеотыгар көруҥ.
Back to Top