“Амма чэчирэ“ уонна Марина Корнилова 🌷🌿☀️
Бүгүҥҥү биэриигэ “Амма чэчирэ“ ырыа, үҥкүү этнографическай Арассыыйа көрдөрүүлээх ансаамбылын выпускницата, СӨ үтүөлээх артыыһа Марина Корнилова ыалдьыттыыр. Марина Валерьевна олоҕун кэрэ эйгэтин, театр искусствотын кытта ситимнээн, күн бүгүн СӨ Үүнэр көлүөнэ театрыгар айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиир. Сөбүлүүр идэтин таларыгар суол тэлбит, талаана арылларыгар кынат аспыт ытыктыыр учууталларыгар, уһуйааччыларыгар Ольга Петровна уонна Гелярий Владимирович Сидоркевичтарга махтанар. Бүгүн кини 80-с сылларга үгүс оҕо ыра санаа оҥостубут “Амма чэчирэ“ ансаамбыл, кини салайааччылара Ольга уонна Гелярий Сидоркевичтар тустарынан истиҥ иһирэх ахтыытын истэргитигэр ыҥырабыт.
#аммачэчирэ #артист #артистка #республикасаха #yakutia #сахасирэ #якутия #интервью #передача #сахалыы #домпионеров #амма #воспоминание #культура #искусство #театр #маринакорнилова #заслуженныйартист #ддт