“Кыымчааҥҥа“ оҕону сахалыы эйгэҕэ иитэллэр
Улахан Ааҥҥа оҕо уһуйаанын историята 1960 сылтан саҕаланар. Былырыын ахсынньыга “Кыымчаан“ оҕо саада 90 миэстэлээх икки этээстээх саҥа таас дьиэлэммитэ. Уһуйаан “Тыа сирин туруктаахтык сайыннарыы“ федеральнай бырагырааманан тутуллубута. Бэлиэтээн эттэххэ, уһуйаан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чэрчитинэн федеральнайдааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бүддьүөттэртэн үбүлэнэн тутуллубут тыа хаһаайыстыбатыгар уонна социальнай эйгэҕэ үлэлиир эдэр ыалларга анаммыт “Чэчир“ микрооройуоҥҥа, олус табыгастаах сиргэ турар: https://ханаласгазета.рф/article/79596
Ольга ГЕРМОГЕНОВА