Ньургуйаана Михайлова: байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр боломто крхтээх
«Комитет семей воинов Отечества» Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччы, Ньурба улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ньургуйаана Михайлова байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр туох эбии көмө оҥоһуллуохтааҕын кэпсиир.
Ол иһигэр дьахтар дьарыктаах, оҕо бары өттүнэн көмүскэллээх буолуута, кинилэри ураты болҕомтоҕо ылыы, эр киһи көрүүтэ суох хаалбыт тыа олохтоохторун отунан-маһынан хааччыйыы, уйулҕа үлэһитин көмөтө, сырдык тыыннара быстыбыт буойуттар ааттарын үйэтитии киирэр.
Ньургуйаана Михайлова - байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кэргэнэ, элбэх оҕолоох ийэ. «Ньурба ньургуһуннара» кэргэттэр түмсүүлэрин чилиэнэ, уопсастыбаннай диэйэтэл. Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан улууска көмө-тирэх буолуу хамсааһынын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ.
«Комитет семей воинов Отечества» байыаннай дьайыыга сыһыаннаах ыйытыгы, кыһалҕаны үллэстиини @Ksvoyakutia_bot диэн чат-бот нөҥүө ылар.