Россия ыксаллаах быһыыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи ГУ пресс-киинэ иһитиннэрэринэн, Нам улууһугар халаан уутуттан көмүскэ
Россия ыксаллаах быһыыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи ГУ пресс-киинэ иһитиннэрэринэн, Нам улууһугар халаан уутуттан көмүскэниигэ быыһыыр сулууспа 74 сотруднига үлэлиир, 11 араас техника, 5 уунан устар тэрил туһаныллар.
Быыһыыр сулууспа сотрудниктара ыксаллаах быһыыга Аппааны, Граф Биэрэгэ, Кыһыл Дэриэбинэ, Бөтүҥ, Модут, Хатырык нэһилиэктэригэр көмөлөһөн, күүс-көмө буолаллар.
- Нам улууһугар бэҕэһээ сарсыарда 26 буолан кэлбиппит. Күнү быһа Граф Биэрэгэр улахан дамбаны бөҕөргөтүүгэ, бөһүөлэк иһигэр Советскай уулуссаҕа дамбаны кутууга үлэлээбиппит. Уу улахан дамбаны тоҕо көппүтүн кэннэ, олохтоохторго иһэр ууну, бородууктаны тиэрдиигэ аадырыстаах көмөнү уонна бу сарсыарда 4 чааска диэри дьону эвакуациялыырга үлэлэстибит. Түүн устата 8 киһини, ол иһигэр 3 сокуоннай саастарын туола илик оҕолору, тастыбыт. Билигин куораттан эбии 30-ча сотрудник, техника, устар тэрил кэлэрин кэтэһэбит, - диир Россия ЫБМ Саха сиринээҕи ГУ Дьокуускайдааҕы 1 N-дээх ПСП начальнига Ярослав Малюшин.
Олук
Source: Газета “Энсиэли“. Намский улус