Ахсынньы ый: Сээркээн Сэһэни олордуу
Ахсыньы – Билгэ Хаан ыйа. Бу ыйга билии-көрүү күүһүрэр. Сээркээн Сэһэн оҕонньор кэлэр. Кинини сир түннүгэ, халлаан хараҕа диэн ааттыыллар. Сүрдээх элбэҕи билэр, дириҥ өйдөөх кырдьаҕас киһи. Сээркээн сэһэни олордуу алгыһа маннык барар.
-1-
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Билиилээх олох айыыта
Билгэ Хаан тойон
Үрүҥ тыына
Үрүҥ былыт буола
Бэттэх буол.
Үрүҥ сылгы
Үүт маҥан кылынан
Күндүлээн эрэбин.
Лах, лах, лах.
Бу кэнниттэн Айыы суолугар бахсы сүгүрүс гынар. Иччигэ анаан холумтаҥҥа саламаат кутар уонна алгыһы салгыыр.
-2-
Дьээ!
Алам-чалам!
Сир түннүгэ,
Халлаан хараҕа,
Сэлибир бытык
Сээркээн Сэһэн
Тойон эһэм
Үр