Нам улууугар Азия оолоро VIII оонньуу уота кэллэ

⭐️Нам улууһугар «Азия оҕолоро» VIII оонньуу уота кэллэ Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньуу уотун улуус бастыҥ спортсменнара, физкультура хамсааһынын көхтөөх дьоно, спорт ветераннара, ыччат дьоммут тутан сүүрдүлэр. Бастыҥ спортсменнарбыт, өрөспүүбүлүкэни дуобакка бастакынан ааттаппыт Александр Азаров, саахымакка дьахталларга Виринея Кутукова сүүрдүлэр. Бастыҥнар кэккэлэрин Клавдия Шелковникова, Александр Румин, Анатолий Гладков хаҥаталлар. Нам улууһун волейболун таһаарбыт Айсен Жерготов, көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ кылаабынай тренерэ Вадим Семенов сүүрдүлэр. Ону тэҥэ, Нам улууһун инникитин ааттатыах эдэр кэскиллэр кыттыһаллар. Ол курдук, Нам улууһугар «Азия оҕолоро» уоту «Дыгын оонньууларын» кыайыылааҕа Юрий Эверстов тутан саҕалаата. Максим Аммосов аат. болуоссакка улуус депутаттарын сэбиэтин председателэ Алексей Винокуров сүүрэн аҕалла. Source: Газета “Энсиэли“. Намский улус
Back to Top