Үөһээ Бүлүүгэ стратегическай сессия
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр 11:00 чаастан Кыырт Далыгар улахан балаҕаҥҥа стратегическай сессия ыытыллар “Тыа сиригэр олорор биир сүөм үрдүк“ диэн.
Сүрүн модератор Ил Түмэн дьокутаата Владимир Поскачин, ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун музейын директора, блогер Масаха Мэхээс, “Индустрия будущего“ АНО директора Иван Степанов, “Урбанистика“ трегын салайааччыта Ирина Алексеева.
Сүрүн боппуруостарбыт:
- “Сүөһү көрүүтэ эрэй буолбакка, сөпкө тайаннахха - барыстаах бизнес“
- Куоракка көһө сатаабакка куораты тыа сиригэр аҕалыахха
- 131 сокуоҥҥа уларыйыылар киирэллэрин тула аһаҕастык атах тэпсэн олорон кэпсэтиэххэ.
Баһалыктар КФХ салайааччыларын, сытыы-хотуу эдэр ыччаттартан илдьэ кэлэргит биһирэнэр