Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытын баран крстбт, дьоннорун-сэргэлэрин кэиилэрин кытта ахтар-саныыр трб
Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытын баран көрүстүбүт, дьоннорун-сэргэлэрин кэһиилэрин кытта ахтар-саныыр төрөөбүт дойдуларын сайа охсор салгынын, сылаас тыынын тиэртибит. Уолаттар көрсүһүүттэн, кэһииттэн астынан, үөрэн-көтөн, бар дьонноругар махталлара муҥура суох.
Кытаанах туруулаһыыга сылдьар хорсун, хоодуот уолаттарбыт санаалара бөҕөх. Буойуттар бары ахтылҕаннаах дойдуларыгар кыайыы-хотуу кынаттаах, үөрүү-көтүү көтөллөөх, өрөгөй ырыа аргыстаах эргиллэн кэлэллэригэр халбаҥнаабат бигэ эрэллээхтэр. “Саллаат! Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума!” - диэн алгыс тыллаах бар дьоммут илиилэрин сылааһын, сүрэхтэрин баҕатын иҥэрэн ыыппыт бу көмөлөрө кыайыыны чугаһаттын, дойдуларыттан ыраах сылдьар уолаттарбытыгар харысхал буолан, санааларын сааһылаан, куттарын бөҕөргөтөн, күүстэригэр күүс уган, ханнык баҕарар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсалларыгар тулхадыйбат тирэх буоллун! Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа! Ол туһугар биһиги - бары бииргэбит! Чурапчы күүһэ - түмсүүгэ! Тү...
Source: СТЕПАН САРГЫДАЕВ