Учуутал үлэтэ олус түбүктээх...
ҮЛЭ КИҺИТЭ
Виктория Григорьевна Ксенофонтова – Михаил Мегежекскэй аатынан Маалыкай орто оскуолатын орто көлүөнэ учууталларын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ.
Кини оҕолору улуу нуучча тылыгар утумнаахтык үөрэтэр, үөрэнээччилэрэ нуучча литературатын умсугуйан ааҕалларыгар, чиҥ билиини ылалларыгар бары кыһамньытын ууран туран үлэлиир, талан ылбыт идэтигэр чахчы бэриниилээх учуутал. Маны таһынан кини кылаас салайааччыта, методическай холбоһук салайааччыта, кабинет салайааччыта. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри солото суох сүүрүүнэн сылдьан үлэлиир дьиҥнээх үлэ киһитэ.
Виктория Григорьевна үөрэтэр оҕолоро сылын ахсын биир кэлим эксээмэннэргэ үрдүк баалы ылаллар, нуучча тылын уонна литературатын олимпиадатыгар, научнай-практическай конференцияларга, атын араас айар күрэхтэргэ кыайыылаах уонна призер буолаллар.
2022 сыл түмүгүнэн сылын ахсын ыытыллар үгэскэ кубулуйбут саҥа дьыллааҕы номинациялары туттарыыга Виктория Григорьевна «Сыл бастыҥ учуутала» диэн үрдүк ааты ылбыта. Бу үүммүт саҥа 2023 сылга Виктория Григорьевна бүөбэйдээн, таптаан илдьэ сылдьыбыт кылааһын оҕолоро оскуоланы бүтэрэллэр, кынат үүннэрэн, төрөөбүт ньээкэ уйаларыттан көччөх гынан көтөллөр, оскуола выпускнигын үрдүк аатын сүгэллэр.
Виктория Григорьевна:
Мин 2007 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран, 2003 сыллаахтан бэйэм төрөөбүт дойдубар үөрэммит оскуолабар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиибин. Үлэбин сөбүлүүбүн, күннэтэ оҕолору кытта алтыһар – дьол дии саныыбын.
Учуутал үлэтэ олус түбүктээх...
Биһиги баай историялаах кырдьаҕас оскуолабытыгар төһөлөөх элбэх киэҥ билиилээх-көрүүлээх, оҕолору иитиигэ-үөрэтиигэ олохторун бүтүннүү анаабыт учууталлар үлэлээн ааспыттара буолуой. Биһиги кинилэри холобур оҥостон, үлэбитигэр бэриниилээхтик, дууһабытын биэрэн туран үлэлииргэ дьулуһабыт.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрбитэ олус үчүгэй. Үүммүт сыл сүрүн соругунан үлэ киһитин өрө тутуу буолуоҕа.
Үлэ киһини тупсарар, үлэ киһини туругурдар диэн этэн тураммын, барыгытыгар таһаарыылаах үлэни, элбэх ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын.
2023 с.