“Байанай алгыһа“ тэрээһиҥҥэ үгүс булду сэҥээрээччи муһунна

“Байанай алгыһа“ диэн булчуттарга, балыксыттарга анаммыт тэрээһини Арчы дьиэтигэр сэтинньи 22 күнүгэр ыыттылар. Дьоро киэһэни “Сахабэчээт“ тэрилтэ “Байанай“ сурунаалы кытта тэрийдилэр. Булчут түһүлгэтигэр “Баай Байанайга сүгүрүйүү» алгыс сиэрэ-туома, маастардар дьаарбаҥкалара, муҥха соботун, идэһэ этин, булчут ыт оҕолорун атыыта, араас оонньуу, күрэс буолла. Ону тэҥэ “Байанай“ сурунаал ааҕааччыларыгар 2025 сылга булт тэриллэрэ сүүйүүлээх сурутуу тэрилиннэ. Манна таарыйа байыаннай дьайыыга инники кирбиигэ сылдьар хоһуун уолаттарга собо хомуйан ыытарга анаан үтүө санаа аргыстаах аахсыйа буолла.
Back to Top