«КӨБҮӨРГЭ САХАЛАР» III чааһа: Саха сирин аар-саарга аатырдыбыт чулуу тустууктара ()

Хас биирдии тустуунан дьарыктанар оҕо улахан маастар, чемпион буолуон баҕарар. Олимпаҕа тиийии билигин сүрүн сыал уонна сорук курдук хас биирдии көбүөргэ тахсар ыччаты угуйар. “Сыал чугас! Биһиги эмиэ онно тиийиэхпитин сөп эбит!“ - диэн санааны биһиги чулуу тустууктарбыт Александр Иванов, Роман Дмитриев, Павел Пинигин ситиспиттэрэ. Кинилэр чаҕылхай кыайыылара, киһи быһыытынан көнөлөрө билигин хас биирдии сахабын диэн сананар киһиэхэ кумир, идол, эбэтэр биир саамай убаастанар дьон курдук сүрэххэ бааллар.
Back to Top