Москваа Останкино телебашнята Саха сирин былааын нэн сандаарда

Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, Москваҕа Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан Останкино телебашнята Саха сирин былааҕын өҥүнэн сандаарда. Москва бириэмэтинэн 00:00 чааска аан дойду биир саамай үрдүк тутуутугар «27 апреля 2022 День Республики Саха (Якутия). 100ЛетЯАССР!» диэн сурук көһүннэ. Эҕэрдэ тыллаах ролик күн устата көстүө, онон Россия киин куоратын түөрт мөлүйүөн кэриҥэ олохтооҕо уонна ыалдьыта көрүөн сөп. Режиссер Костас Марсан бэлиэтээбитинэн, Останкино башнята бастакытын национальнай өрөспүүбүлүкэ былааҕын өҥүнэн сандаарбыт. Маннык эҕэрдэни Москва куоракка олорор Саха сирин дьоно-сэргэтэ тэрийдэ. Итиэннэ Останкино башнятын аттыгар Россия тэбэр сүрэҕэр үөрэнэр устудьуоннар Саха АССР 100 сылынан эҕэрдэлээн видео устуохтара.
Back to Top