Сэттиэлэ сонуннара 32-с тааарыы
Чэ, саҕалаатыбыт!
Сэттиэлэ сонуннара
От ыйын 8-с–14-с күннэрэ
- Ил Дархан Айсен Николаев от ыйын 10-с күнүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бырабыыталыстыбаны кытта мунньаҕар кыттыыны ылла. Тирээн турар боппуруостарга, ол иһигэр дойдуга ойуур баһаардарын туһунан кэпсэттилэр. Ол туһунан эрэгийиэн салалтатын пресс сулууспата иһитиннэрдэ. Эрэгийиэннэргэ ойуур баһаарын балаһыанньатын Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэ салайааччыта Александр Куренков оҥордо. Миниистир эппитинэн, саамай элбэх ойуур баһаардаах түөлбэлэр – Саха сирэ уонна Забайкальскай кыраай. Манна Бе-200 сөмөлүөттэр уонна Ми-8 бөртөлүөттэр үлэлииллэр. «Уоту умуруорууга 6 тыһыынчаттан тахса киһи, 700 техника уонна 50 салгын аала үлэлиир», – диэтэ кини.
- Ил Дархан Айсен Николаев Таатта улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ эппиэттээх салайааччылары кытта мунньахтаата. Ил Дархан киин уонна илин эҥээр улуустар оту бэлэмниир үлэлэригэр соруктары туруорда. Халлаан туруга мөлтөҕүнэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустар кыстыгы туоруурга тирэхтээх буолалларын туһугар сөптөөх үлэни ыытарыгар дьаһайда. 2024 сылга окко былаан – 435 тыһыынча туонна. Ону сэргэ «Сүөһү аһылыгын оҥоруу» бырагыраама чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 175 мөлүйүөн солкуобай, олохтоох бүддьүөттэн 204 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх үбүлээһин 14 тыһыынча туонна сенаж уонна 29 тыһыынча туонна сиилэс бэлэмнээһинигэр көрүлүннэ.
- Саха сирин Ил ДарАйсен Николаев сэттиэлэ бэһис күнүгэр эпос уонна урамньы Арктикатааҕы киинин тутуутун көрдө. Кини үлэ хаамыытын тэтимин бытаардыбат соругу туруорда. «Тутуу түмүктүүр түһүмэҕэ чугаһаан эрэр. Монолит каркаһа бэлэм, ис үлэлэр бараллар. Эспланаданы таһаараллар, аттынааҕы сирин, тэлгэһэтин тупсаран оҥороллор. Тэтими ыһыктымаҥ диэтим. Бу ураты, технологическай былаанынан ыарахан, өрөспүүбүлүкэ култууратыгар олус оруоллаах тутуу болдьоҕор түмүктэнэригэр эрэнэбин», –диэн суруйда телеграм ханаалыгар Айсен Николаев.
- «Ведомости» суруйарынан, Арассыыйаҕа «Дьиэ кэргэн ипотеката» 2030 сылга диэри уһатылынна. Онон алта саастарыгар диэри оҕолоох ыалларга көрүллэр усулуобуйа, 6 бырыһыаннаах ставка оннунан хаалар. Кирэдьиит 12 мөлүйүөн солкуобайга диэри муҥутуур улахан суумата Москубаҕа, Москуба уобалаһыгар, Санкт-Петербурга көрүллэр, оттон атын эрэгийиэннэргэ 6 мөлүйүөн солкуобайга диэри көрүллэр. Бастакы усунуос кээмэйэ – 20 бырыһыан.
- Саха сирин олохтоохторугар, тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбиттэргэ, хараанныыр, ол эбэтэр, страховой биэнсийэлэрэ үрдээбит кээмэйинэн бэриллэр. Эрэгийиэҥҥэ маннык эбии төлөбүрү 2953 биэнсийэлээх ылар. Ол туһунан Арассыыйа социальнай пуондатын олохтоох салаата иһитиннэрдэ. Эбии ааҕыы, сааһынан эбэтэр инбэлиитинэн хараанныыр биэнсийэҕэ быһыллыбыт төлөбүр, 25 бырыһыаны ылар. 2024 сылга сааһынан уонна I эбэтэр II бөлөхтөөх инбэлиитинэн ылыллар хараанныыр биэнсийэ 2033,72 солкуобай кээмэйдээх. III бөлөххө – 1016,86 солкуобай. Хараанныыр биэнсийэни ылааччы үлэлээбэккэ сынньалаҥҥа олорор буолуохтаах.
- Саха сиригэр «Моя Якутия в XXI веке» бырагырааманан улуустарга социальнай суолталаах эбийиэктэр тутуллаллар. Ол эбэтэр – оҕо уһуйааннара уонна оскуолалар. Ол туһунан тутуу миниистирин бастакы солбуйааччы Евгений Афанасьев социальнай ситимҥэ эттэ. Кини: «Үтүө дьыала бырагыраама чэрчитинэн, Өлүөхүмэ Заречнайыгар 60 миэстэлээх оскуола, Өймөкөөн Үчүгэйигэр оскуола тутуллар. Сорох эбийиэктэр Арктика улуустарыгар тутуллаллар», – диэтэ. Ньурбаҕа оскуола-уһуйаан, Кэбээйи Сииттэтигэр оҕо уһуйаана тутуллар. Бары тутуулар судаарыстыбаннай сыныгы уонна тутуу хонтуруолун ааһаллар.
- От ыйын 11-с күнүгэр уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйа Халыма-Индигир биир мандааттаах 34-с быыбардыыр уокуругар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаатыгар 3 хандьыдааты сурукка киллэрэн бэлиэтээтэ.
Слепцов Евгений Михайлович, «Биир ньыгыл Арассыыйа» Саха сиринээҕи салаатыттан;
Шадрин Вячеслав Иванович, «Саҥа дьон» баартыйа эрэгийиэннээҕи салаатыттан;
Швец Александр Сергеевич, «Родина» эрэгийиэннээҕи салаатыттан.
- Бу күннэргэ Дьокуускайга Ленин өйдөбүнньүгүн турар олоҕуттан эмиэ устуохтара. Бу өйдөбүнньүк олоҕор анал билиитэ уурулларыттан төрүөттээх дьаһал буолар. Таҥыы үлэтин кэнниттэн өйдөбүнньүгү тута оннугар төнүннэриэхтэрэ, болдьоҕо – сэттэ күн. Ол туһунан куорат эбийиэктэрин тутууга салалтатын салайааччыта Вячеслав Нестеров иһитиннэрдэ.
Чэ, этэҥҥэ буолуоҕуҥ! Кэлэр сэттиэлэ ситиһиилээх буоллун!