Хааласка оо ууйаанын саа таас дьиэтэ лээ киирдэ
Хаҥаласка оҕо уһуйаанын саҥа таас дьиэтэ үлэҕэ киирдэ
Бүгүн — өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэлиэ күн: видеоконференц-сибээһинэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ 9 саҥа эбийиэги үөрүүлээхтик аста. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар үлэҕэ киирэр саҥа эбийиэктээх тэрилтэлэр салайааччылара, ол иһигэр Хаҥалас нэһилиэгин Н.И.Кочнев аатынан оскуола-уһуйаанын дириэктэрэ Елена Антонова улаханнык үөрэн-долгуйан туран иһитиннэрии оҥордулар, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар истиҥ-иһирэх махталларын тиэртилэр.
Хаҥаласка 35 миэстэлээх, сырдык-тупсаҕай дьиэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн тутулунна.
Cиһилии улуус хаһыатын сайтыгар ааҕыҥ.
Геннадий Антонов.
Источник: Газета “Ньурба“ / Нюрбинский улус