Дэриэбинээ кэлбит сиэннэрбин сылгыга чугаатабын

Дэриэбинэҕэ кэлбит сиэннэрбин сылгыга чугаһатабын ️ Сааскы уһун өрөбүл буолан, куораттан дэриэбинэлэргэ сиэннэр эбэлэригэр, эһэлэригэр кэллилэр. Үөрүү-көтүү элбээтэ. Начаалынай кылаас оҕолорун, сиэннэрбин акка чугаһата сылдьабын. Өрөбүллэригэр аҕалтаатым. Кыыс 1-кы кылаас, уол 3-с кылаас. Кыыһа сылбырҕа, хата бэркэ сыстыах эбит. Уол сиэн мөдөөт. Дьарыктаннаҕына хайыыра буолла. «Тириэньэрдэрэ» да тугу да билбэт, сэрэх хоту сылдьаахтыыбын. Хата, убаһабыт оҕус курдук сымнаҕас буолан абыраата .   Куорат нууччалыы тыллаах оҕолорун тута сахалыы тылга таһаара сатааһын эһээлэргэ ыарахан таһаҕас буолла. Ол гынан күнтэн күн кээрэтэн, хамсааһын баар буолсу Куорат оҕото дьиэ иһигэр тэһийэр, хамсаммат буолан аанньа аһаабат, нукаай-икээй курдуктар. Ол эрээри сааскы сылаас күн таһырдьа таһааран оонньоттоххо сэргэхсийбит, имнэрин хаана кытарбыт буолар. Ордук убаһаҕа, ньирэйгэ бэртэр эбит. Сысталлара сүр. Уолаттар, сатаан көрдөрдөххө, үлэһиттэр. Хаары таһыыга бэртээхэй көмөлөһөөччүлэр Сиһилии #Вс... Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Back to Top