Ыал саргыта

Чурапчы улууһугар “Ыал саргыта” сыл чэрчитинэн! Сылаҥ нэһилиэгэр Айыыһыт Хотун ыйыгар аналлаах алгыс сиэрэ туома ыытылынна. Муус устар ый – Айыыһыт ыйа. Муус устарга киһиэхэ Айыыһыт ордук чугаһыыр кэмэ. Кини баар буолан сиргэ таптал, кэрэ үөскээбит, тэнийбит. Айыыһыт илин халлааҥҥа олорор. Айыыһыт – дьиэ кэргэн, таптал айыыһыта, үөскэтэр айыы. Айыыһыт хайыспыт сиригэр үөрүү олохсуйар. Кини үктэммит сиригэр уйгу-быйаҥ түһэр. Муус устарга төрөөбүт дьон биһиктэрэ таҥха, уон биирис оронугар олорор. Кинилэр кэрэни кэрэхсииллэр, дьиэ кэргэҥҥэ тирэнэллэр уонна аһаҕас, истиҥ майгылаахтар. Муус устар ый алгыһа: Имэҥнээх иэдэстээх, уоттаах харахтаах, айыыһыт төрдүм, бэттэх буол! Алгыска кыттыыны ыллылар: Сылаҥ нэһилиэгин баһылыга Е.И. Макаров., А.А Макаров аатынан Улахан Күөллээҕи сүрүннүүр оскуола директора Ф.Ф. Иванов, Сылаҥ нэһилиэгин Улахан Күөл учаастагын олохтоохторо, Трофимовтар дьиэ кэргэн, А. А. Сивцев аатынан сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ, Сылаҥ тыа сирин модельнай библиотеката.
Back to Top