Арассыыйаа Аа дойду дьоруойдарын кннэн

Ахсынньы 9 күнүгэр “Эйгэ” библиотекатыгар Арассыыйаҕа Аҕа дойду дьоруойдарын күнүгэр анаммыт “Умнубаппыт, киэн туттабыт, сүгүрүйэбит” тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара төрөппүттэрэ, эйэлээх олох туһугар сырдык тыыннара быстыбыт биир дойдулаахтарбыт төрөппүттэрэ, дьиэ кэргэттэрэ , Д. Ф.Алексеев аатынан орто оскуола учуталлара, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк общественноһа кыттыыны ыллылар. Дойдубут туһугар олохторун толук уурбут дьоммутун үтүө тылынан ахтан-санаан аастыбыт. Биһиги нэһилиэкпититтэн анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт ону тэҥэ сэрии толоонугар охтубут буойуттарбыт сырдык ааттарын үйэтитэр сыаллаах Өйдөбүнньүк стела туһунан санаа атастаһыыта буолла, күргүөмүнэн “Суох буоллун сэрии” ырыа ылланна. “Эйгэ” кииннэммит библиотека бэлэмнээбит “Время героев. СВО честь и отвага” быыстапка турда. Тэрээһин “Хомустаах Ньургуннара“ бөлөх дириҥ ис хоһонноох литературнай монтажтарыттан саҕаламмыта , хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун туһугар чиэстээхтик олоруохтааҕын, дьонугар -сэргэтигэр көмүскэл, харысхал буолуохтааҕын мэктиэлээтэ.
Back to Top