Дьоруойга сгрй сиэрин толордулар
Дьоруойга сүгүрүйүү сиэрин толордулар
Бүгүн, ахсынньы 9 күнүгэр, Арассыыйаҕа Аҕа дойду Дьоруойдарын күнэ бэлиэтэнэр.
⭐️ Буойун Албан аатын күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус уонна Арассыыйа Дьоруойдарын ахтан-санаан сүгүрүйэллэр, дойдубут үрдүкү наҕараадатынан бэлиэтэммит аныгы кэм Дьоруойдарын чиэстииллэр.
Бу бэлиэ күн Майа сэлиэнньэтигэр сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов пааматынньыгар сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытылынна.
Майа сэлиэнньэтин баһылыгын бастакы солбуйааччы Дмитрий Игнатьев, сэлиэнньэ бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Жирков: «Бүгүн хорсун-ходуот биир дойдулаахтарбытыгар, Дьоруойдарбытыгар сүгүрүйэр күммүт. Кинилэр төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрбүт хорсун быһыыларын өрүү саныы сылдьыахпыт. Дьоруойдарбыт ааттара, хорсун быһыылара үйэттэн үйэҕэ ааттана турдун!», – диэтилэр.
Тэрээһиҥҥэ сэлиэнньэ уопсастыбаннаһа, оскуолалар үөрэнээччилэрэ кыттыыны ылан, Дьоруой пааматынньыгар венок, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Ким да...
Источник: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса