Захар Александров: Трбт сиргитигэр кэлэн лэлээн, т-мааны дьон буолу!
Биһиги Амма улууһун биир кэрэ айылҕалаах, улуус кииниттэн 80 км тэйиччи сиргэ, Амма Наахара нэһилиэгэр олоробут. Биһиги нэһилиэкпит баай историялаах, элбэх үлэһит, үөрэхтээх, билиилээх дьон тахсыбыттара.
Билиҥҥи туругунан Амма Наахара нэһилиэгэр үөрэнэргэ-үлэлииргэ туох баар усулуобуйа барыта баар дии саныыбын. Биһиги 2013 сылга тутуллан киирбит таас оскуолаҕа үөрэнэбит, кырачааннар саҥа таас уһуйааҥҥа сылдьаллар. Эдэр ыччат спортивнай залга дьарыктанар. Ханна да бардарбыт өрүү дойдубутун ахтан аҕай кэлэбит.
Мин Амма Наахара нэһилиэгин баһылыгын, Захар Семенович Александровтыын көрсөн кэпсэттим.
Яна Егорова, VIII кылаас,
«Аартык» медиакиин,
Амма Наахара, Амма