Отчут сылайбатын диэн
Отчут сылайбатын диэн
️ Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, рационализатор Константин Лонгинов тыа дьонун үлэтин чэпчэтэр анаалаах саҥа туттар тэриллэри айан-оҥорон таһаарарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр.
Быйыл сайын сүөһү иитэр, оттуур дьоҥҥо көмөлөөх 3 саҥа тэрили оҥорбутун билиһиннэрдэ, тутан-хабан көрдөрдө.
Бастакытынан, отчут күүһүн харыстыыр сыалтан, хотууру уларытан оҥорбут: эбии тимир сыбааркалаан угун уһатан биэрбит. Инньэ гынан от хотуурга мунньуллубакка, охсуллубут сиригэр сытан иһэр. Тупсарыллыбыт тэрили отчуттар туттан баран астыммыттар, киһи күүһэ-сэниэтэ баранара икки төгүл аҕыйаата дииллэр. Өссө хотуур биититтэн сэрэхтээх буоларга эрэһиинэ турбанан чохуол оҥорбут.
Сиһилии
@gazetaerkeii
[club197321747|@ulusmedia]
Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса