Кулун тутар 16 кнэ саха норуотун дьонугар бэлиэ кн. Бу кн саха литературатын трттээбит, уулуччулаах поэт, саха бастакы учу
Кулун тутар 16 күнэ саха норуотун дьонугар бэлиэ күн. Бу күн саха литературатын төрүттээбит, уһулуччулаах поэт, саха бастакы учуонайа, бөдөҥ общественнай деятелэ Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 147 сылын туолар бэлиэ күн.
Баһылай Бырдьахаанап «Өксөкүлээх Өлөксөй уонна «Ойуун түүлэ» поэма кэм-кэрдии дьүүлүгэр» диэн ыстатыйатыгар улуу киһибит олоҕун сүрүн сыаннаһа туох буоларын субу курдук дьэҥкэтик быһааран биэрэр: «Кулаковскай норуотум иннэ диэн олорон ааспыт киһи. Олоҕун сүнньэ – ити. Ити суолтан кини олоҕун биир да мүччүргэннээх түгэнигэр туораабатаҕа».
Амма Аччыгыйа «Чолбон» сурунаалга тахсыбыт «А.Е. Кулаковскай туһунан аҕыйах тыл» ыстатыйатыгар «Ким төрөөбүт норуотугар, дойдутугар үтүөнү оҥорбут, ол аата-суола сүппэт, үрдээн иһэр» диэн суруйбуттаах. Чахчыта да, оннук. Өксөкүлээх саха омук баарын тухары аата-суола ахтылла, үтүөтэ-өҥөтө үрдүү туруо.
@arhiv_nvk_sakha суруттар
Источник: Архив НВК САХА