Сир тоҥуор диэри сүрүн үлэтин бүтэриэхтэрэ
Сир тоҥуор диэри сүрүн үлэтин бүтэриэхтэрэ
️ Майа сэлиэнньэтин олохтоох дьаһалтатын кытта «ИП Н.И.Чиряева» тэрилтэ дуогабар түһэрсэн, «Кыайыы аартыга» монумены саҥардан оҥоро сылдьар.
Бу тутуу «Куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар.
Былырыын күһүн нэһилиэк эр дьоно субуотунньуктаан урукку тутууну көтүрэн ыраастаабыттара, улахан үлэҕэ бэлэмнээбиттэрэ.
️?«Быйыл тэрилтэ 18 үлэһитэ эбийиэккэ үлэ бастакы түһүмэҕин, бетон кутуутун, буруус, тротуар ууруутун саҕалаабыта. Сотору кэминэн уот-күөс сир аннынааҕы хаабылларын тардыахпыт. Тутуу матырыйаала баар, сороҕо соҕурууттан сакаастанан, төлөнөн, кэлэн иһэр. Сир тоҥуор диэри үлэбит сүрүн чааһын бүтэриэхпит диэн бигэ санаалаахпыт. Дуогабар чэрчитинэн «Кыайыы аартыга» монумены саҥардыы үлэтэ 2025 сылга, сэтинньи ыйга түмүктэниэхтээх», – диэн тутар тэрилтэ кылаабынай инженерэ Федор Петров иһитиннэрдэ.
Source: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса